Сүрүн матырыйаалларга көс

Дьиэ кэргэн дьоло туохтан тутулуктааҕый?

Дьиэ кэргэн дьоло туохтан тутулуктааҕый?

Дьоллоох буоларга туох нааданый?

  • Таптал.

  • Харчы.

  • Туох эмэ атын.

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ

«Таҥара тылын истэр уонна толорор дьоннор дьоллоохтор» (Лука 11:28, Саҥа Кэс Тыл).

ЭҺИЭХЭ ОЛ ТУОХ СУОЛТАЛААҔА БУОЛУОЙ

Дьиҥнээх таптал (Ефесяннарга 5:28, 29).

Истиҥ убаастабыл (Ефесяннарга 5:33).

Бэйэ-бэйэни итэҕэйии (Марк 10:6—9).

БИБЛИЯ ЭТЭРИГЭР ИТЭҔЭЙИЭХХЭ СӨП ДУО?

Сөп. Ону итэҕэйэргэ кырата икки биричиинэ баар:

  • Дьиэ кэргэни Таҥара айбыта. Библия этэринэн Иегова Таҥара «хас биирдии аҕа ууһугар аат-суол биэрбитэ» (Ефесяннарга 3:14, 15). Атыннык эттэххэ, дьиэ кэргэн тутула Таҥара оҥорбут буолан баар. Ону биһиги тоҕо билиэхтээхпитий?

    Толкуйдааҥ көрүҥ: өскөтүн эһиги ханнык эмэ аһылыгы сөбүлээтэххитинэ, ол туохтан оҥоһуллубутун кимтэн ыйытыаххыт этэй? Биллэн туран, астаабыт киһиттэн.

    Эмиэ ол курдук дьиэ кэргэн дьоло туохтан тутулуктааҕын билиэххитин баҕардаххытына, дьиэ кэргэн Айааччытыттан, Иеговаттан, билэргит ордук (Бытие 2:18—24).

  • Таҥара эһиги тускутугар кыһаллар. Дьиэ кэргэҥҥэ сүбэни Таҥара Тылыттан көрдүүр тоҕо улахан суолталааҕый? Тоҕо диэтэххэ, Библия этэринэн «Кини эһиги тускутугар кыһаллар» (1 Петр 5:6, 7). Иегова биһиэхэ саамай үчүгэйи баҕарар уонна кини сүбэлэрэ олус туһалаахтар! (Притчи 3:5, 6; Исаия 48:17, 18).

ТОЛКУЙДААН КӨРҮҤ

Хайдах гынан үчүгэй эр, ойох уонна төрөппүт буолуохха сөбүй?

Библия бу ыйытыыга ЕФЕСЯННАРГА 5:1, 2 уонна КОЛОССЯННАРГА 3:18—21 көмөтүнэн хоруйдуур.