Иисус Христос өлбүт күнүн ахтыы Киэһэтэ
Бэнидиэнньик, кулун тутар 22 күнэ, 2027 сыл
Иегова Туоһулара сылга биирдэ Иисус Христос өлбүт күнүгэр аналлаах тэрээһини ыыталлар. Итинник гынан кинилэр Иисус кэриэһин толороллор: «Миигин ахтан-санаан туран эһиги маннык гынар буолуҥ» (Лука 22:19).
Эһигини уонна дьиэлээхтэргитин бу анал тэрээһиҥҥэ ыҥырабыт.
Чаастатык бэриллэр ыйытыылар
Ким кэлиэн сөбүй?
Биһиги барыгытын үөрэ-көтө көрсүөхпүт! Дьиэ кэргэҥҥитин уонна доҕотторгутун илдьэ кэлиэххитин сөп.
Бу тэрээһин төһө өр буоларый?
Биир чаас кэриҥэ.
Ахтыы Киэһэтэ ханна буоларый?
Ол туһунан олохтоох Иегова Туоһуларыттан билсиҥ.
Киириитэ төлөбүрдээх дуо?
Суох.
Онно харчы хомуйаллар дуо?
Суох. Көрсүһүүлэрбитигэр кэлбит дьонтон биһиги хаһан да харчы хомуйбаппыт (Матфей 10:8).
Анал дресс-код ирдэнэр дуо?
Суох. Иегова Туоһулара бу тэрээһиҥҥэ убаастабылларын көрдөрөөрү сэмэйдик уонна дуоспуруннаахтык таҥналлар.
Ахтыы Киэһэтэ хайдах ыытылларый?
Иисус Христос тоҕо өлүөхтээҕин туһунан Биибилийэҕэ олоҕурбут тыл этиитэ кэпсэниэ. Онтон эһиги Таҥара уонна Христос дьон туһугар тугу оҥорбуттара хас биирдиибитигэр туох сыһыаннааҕын билиэххит. Тэрээһин саҕаланыытыгар уонна бүтүүтүгэр ырыа ылланыа уонна үҥээһин буолуо.
Өссө элбэҕи «Почему Свидетели Иеговы отмечают Вечерю Господню не так, как это принято в других религиях?» диэн ыстатыйаттан билиэххэ сөп.
Кэлэр үс сылга ахтыы Киэһэтэ ханнык күннэргэ буолуой?
2027 сыл: бэнидиэнньик, кулун тутар 22 күнэ
2028 сыл: баскыһыанньа, муус устар 9 күнэ
2029 сыл: чэппиэр, кулун тутар 29 күнэ

